Skip to content

Внимание ! Мы в Одноклассниках

Булчуттар киэһээҥҥи кэпсэтиилэрэ!

Убаастабыллаах мин ааҕааччыларым, эһиги болҕомтогутугар “Сэдэх түбэлтэ буолуохтаах”-диэн ыстатыйам салҕыыта буоллун диэн бу суруйан боочойон эрэбин.
-Көстөкүүн кэпсээнэ-
1991с. Сэмдьэрги үрэх сибиэбийэтэ. 4 мас наара орон миэстэлээх, ортотугар тимир оһох тигинэччи умайар, мас остуол-чүмэчи имик-самык уота сырдатар. Куоста этэр -Дьэ уолаттар биир баай Байанайга буруйу оҥорбуппун кэпсиэм, өйдөөн истиҥ, долоҕойгутугар(өйгүтүгэр) хатааҥ, кэнэҕэс мин курдук айыыны оҥороойоҕут диир. Биһиги сыппыппыт баара, олоро түстүбүт, сэҥээрии бөҕө, дьэ кэпсээ-кэпсээ диэн убайбытын күөртээн биэрдибит. Мин ойон түһэн, оһоххо эбии мас быраҕан-уоту күөдьүтэн биэрэн, мөҕүлүннүм, -Өлүөскэ абытай итии,тохтоо уоту күөдьүтүмэ диэтэ, мин тохтоон хаптас гына түстүм. Убайбыт аччыыһырар, үөһэ-аллара тыынар, чэй куттан истэ, толкуйдуур курдук көрүҥнээх, саныыр быһылаах. Биһиги тыыммыппыт, кулгаах-харах өрөйөн-чөрөйөн истэн олоробут. Кэмниэ кэнэҕэс дьэ саҕалаата: Бу 1975с. буолбута диир. Көстөкүүн звеньевой- 5 уолаттардаах дойду сирин оттоон бүтэрэн баран атырдьах ыйыгар үрэх сирдэрин оттуу тахсыбыттар. Биир киэһэ кулуһун (уот) таһыгар аһыы олорон Көстөкүүн уолаттара эппиттэр: -Бу хаппыт килиэп надайыал буолла, Убайбыт, баай Байанайгыттан баран туох эмэ көрдөһөн “Харата”, ол аата эттэ аҕал мииннээн иһэргэ диэн этии киллэрбиттэр. Көстөкүүн түүн сүгүн утуйбатах, сарсыарда ааттаах эрдэ туран 6 чаас саҕана атын миинньэн баран эрдэҕинэ биир уол уһуктан: -Хайа, убайбыт ханна бардыҥ, диэн ыйыппыт. Киэһээ түөттүүр саҕана (ол аата 16ч саҕана) кэлиэм уугутун сылытан олорооруҥ уонна бу кыра ыттары тутан баай, улахан ыппын илдьэ барабын диэбит уонна аатаах-бэйэтин атынан тус арҕаа диэкки киирэн сиэллэрэ турбут. Көстөкүүн билэр эбит-бу отууларыттан 15 км. сиргэ кус арааһа төрүүр-ууһуур улахан көлүччэтэ уонна мас көтөрө: куртуйах,улар тохтуур сирэ баарын.
Атырдьах ыйыгар үрэххэ бырыы бадараан, арай биир чаас айаннаабытын кэннэ, иннигэр испит ыта олоро түспүт-уонна салгыны сытырхаан баран(ол аата аҥтаран) туора ойон кэбиспит. Хайа даҕаны уон мүнүүтэ буолбатах, баран иһэр үрэҕин бэс чагда сиригэр үрэн баһырҕатан барбыт. Арай ыта биримээнэ хара-хара улахан баҕайытык үрэр үһү. Булчут киһи билэр-ыта кини иннигэр тиийэн туох көтөрү, кыылы үрэрин-куолаһа күүһүттэн,түргэниттэн. Чугаһаан баран, атын баайан баран саатыгар(ТОЗ-34 вертикалка) сүнньүөх уган хайдах эрэ сүрэҕэ быара таайан, долгуйан иннин диэкки барбыт. Арай көрбүтэ доҕоор! -ыта биир кыра бэс маһы-инники икки атаҕынан харбыы-харбыы үөһээ тахса сатыыр үһү. Көрбүтэ икки эһэ оҕото куттанан-ыттан, бэс маһы кууһан баран олороллор үһү. Кэпсии олорон, чэй иһэ-иһэ этэр: -Бэйэм да сөҕөбһн туох буолтум буолла, саабын ыллым даҕаны иккитэ түҥнэри ытан түһэрдим-диир. Дьэ доҕоор!, истибитим туох да киһи өйө тахсыах ыһыы-хаһыы бөҕө буолла, дьэ өйбөр киирдэ, бу ийэлэрэ иһэр эбит диэн. Уолуйан, дөйөн баран турабын, ол быыһыгар бу тыыннаах хаалыах төрүөппэр саабын икки сүнньүөх ботуруонунан ииттим. Көрдөхпүнэ, ойуур иһиттэн туох эрэ кугас мээчик курдук быһа-атаҕа биллибэт төкүнүйэн таҕыста да мас төрдүгэр сытар оҕолорун эргийэ көтөн сытырҕаан көрдө. Ыһыыта-хаһыыта тохтообот, кэннинэн эргийэ көттө уонна икки кэлин атаҕынан бэс чагда кумах буорун тибийэн охто сытар оҕолорун диэкки тибийэр. Көрдөххө туох да көстүбэт-буор быыл турар. Онтон тохтоон, ол туххары ытым эргийэ сылдьан үрэр да үрэр, дьэ бу оҕолорбун сиэбит эн баар диэбит курдук аны ыппын сырсан барда-субу ситиэх аҕай. Ытым мин уолуйан-даллайан турарбын көрөн ыйылыы-ыйылыы көмүскэтээри мин диэкки ойдо… Онтон миэхэ уонча миэтирэ хаалбытын кэннэ 45 кыраадыс туора ойдо, ону батыһан эһэм эмиэ туора ойон, миэхэ ойоҕоһун биэрдэ, дьэ өй ылан санаабар барбах сыаллаат икки айахпын төлүтэ тутан кэбистим, көрбүтүм саам тыаһын кытары ойуурдааҕым тиэрэ кэлэн түстэ, ону кытары сэргэ бэйэм атаҕым уйбат-турбут сирбэр олоро түстүм. Арай биирдэ өйдөммүтүм ытым кэлэн ыйылыы-ыйылыы сирэйбин салыы турар эбит. Ити барыта кэпсээтэххэ уһун, дьиҥэ аҕыйах сөкүүндэлээх дьыала.
Бу быһылааны истэн баран, биһиги эмиэ-саллан, соһуйан дөйөн олордубут. Түмүгэр убайбыт сүбэлиир:
-Хаһан да бэйэҕит-тыатааҕыны, ойуурдааҕыны тыыппат буолуҥ диэн;
-Айылҕа сокуона-кыылга,көтөргө,сүүрэргэ,киһиэхэ-ийэ олох диэн төрдө, саҕаланыыта буолар диэн, онон кыылы-көтөрү тыһытын ыппат-бултаабат буолуҥ диэн сүбэлээбитэ;
-Дойдугут сирин-уотун харыстааҥ, ойуурга-тыаҕа сылдьан уоту-күөһү сэрэнэн туттар буолуҥ диирэ.
Түмүккэ убайбыт Көстөкүүн Ньукулаайабыс нэһилиэккэ биир бастыҥ биэстэн коммунистара этэ, баара суоҕа 4 кылаас үөрэхтээх. Партийнай билиэтин ол дойдуга илдьэ бардаҕа буолуо. Оҕо сылдьан партийнай билиэккин көрдөр дииргэ- “Бу оҕо оонньуура буолбатах” диэн эмиэ мөҕүллэн турардаахпын.

Авиация үлэ ветерана -Өлөксөй-
21.01.2016с.

Оставить комментарий

Войти с помощью: