
2023 сыл Үлэ сылынан биллэрилиннэ
Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин кэмигэр кэлэр 2023 сылы Саха Сиригэр Үлэ сылынан биллэрдэ.
«Убаастабыллаах бар дьонум, кэлэр 2023 сылы Үлэ сылынан биллэрэбин. Үлэ сылыгар Сахабыт Сирэ, Арассыыйабыт сайдарын туһугар, бары биир санаанан салайтаран түмсүөҕүҥ, сомоҕолоһуоҥ», — диэтэ Айсен Николаев.
Санатахха, бары билэрбит курдук, быйылгы сыл Ийэ сылынан биллэриллибитэ.
www.sakhaparliament.ru