Skip to content

АНОНС !!!

Үйэни уһатыы сиэрэ: Кэм-Кэрдии Эргиирэ.

“Кэм-Кэрдии кэлиэ дэһэбит.
Ону кэтэһэн – үйэбин уһаттарбын”
К.Д.Уткин -Нүһүлгэн.

Бу КЭМ – КЭРДИИ, киһи анала – олох олоруу диэн тыл дьүөрэлэһиитэ эрэ буолбатах. Холобур: ҮЙЭ – ҮГЭС диэн тыл икки араас өйдөбүллэри илдьэ сылдьаллара өйдөнүллэр…ол да буоллар элбэх толкуйу, өйү-санааны өрүкүтэр күүстээх дьикти суолу тобулуур, ол да иһин бэйэм санаабынан, толкуйбунан, турукка киирии, санаа атастаһыытын курдук эмиэ ылыныахха сөп.
Өбүгэлэрбит үйэлэрин уһаталларыгар, ханнык кэмҥэ, кэм-кэрдии, кинилэр олохторугар-дьаһахтарыгар кэрдиис кэмнэрин сөптөөхтүк аттаран, айылҕаны кытта алтыһан, тыйыс тымныыны уҥуордаан, күн бүгүн тиийэн кэлбит дьоллоохпут диэн удьуордаабыт өбүгэм күүһүгэр, хааныгар, кинилэр мындыр өркөн өйдөрүгэр сүгүрүс-мүгүрүс буолуохтун диэн тыллары анаан туран, ахтан санаан ааһабын….
Онон ылан эттэххэ, судургу олох олорбуттар диир сатаммат, билиҥҥи киһи ааспыт өбүгэтин олоҕун кэннин хайыһан көрбөт буолуута тутах санаалаахтар саныыр санаалара буолуо…
ҮГЭС ЭРГИИРЭ, өр кэмҥэ туһалыырын ааһан, киһи тыыннаах сылдьарыгар көмөлөһөрүн таһынан, өссө сайдар кыах биэрэр буоллаҕына – олохсуйар.
Үгэс сыллааҕы эргиирэ хатыланар үгэстээх, ону биһиги тутуһабыт, салгыы сиэннэрбитигэр тиэрдэр аналлаахпыт.
Төрүт үгэс суолтата толору тиллэригэр манныгы болҕомтоҕо ылар сөп:
1. Киһи олоҕо-дьаһаҕа билигин бэйэттэн толору тутулуктанна. Үчүгэйдик олорор туһугар өйү өрүү үлэлэтэ сылдьар сөп. Төрүт дьарык КҮННЭЭҔИ ОЛОҔУ кытары ситимнэһэн, үксэ тиллэр кыахтанна.
2.Үгэс сорох көрүҥэ, быстах көрдөххө, бүгүҥҥү олоххо туттуллубат да курдугун иһин, анаан тилиннэрдэххэ, иҥэриннэххэ, ОМУК БУОЛАР УРАТЫБЫТЫН сайыннарарга туһалаах буолуоҕа.
Холобур: оҕону үлэҕэ үөрэтэр дьиэҕэ-уокка сахалыы оонньуу, оҕо тэрилтэтигэр эти-сиини эрчийэргэ, тулууру-дьулууру иҥэрэргэ олус көдьүүстээх. Өбүгэ оҕотугар анаан былыр-былыргыттан муспут үөрэҕэ- бу САХАЛЫЫ ООННЬУУ.
3.Үгэһи ханнык кэмҥэ, ХАЙА ДЬОҤҤО ҮӨРЭТЭРИ толкуйдаан, сөптөөхтүк тэрийдэххэ, төрүт үгэһи дьон-сэргэ сэҥээриэҕэ.
4.Үгэс ТЫЛЫ кытта ситимнээҕин быһыытынан, үгэһи тилиннэрэргэ норуот иитэр үгэһин сүппүт, умнуллубут, ТУТТУЛЛУБАТ БУОЛБУТ ТЫЛЛАРЫ кытта холбоон ТЫЫН угуохха. Онуоха ТӨРҮТ ДЬАРЫГЫ – СҮӨҺҮ ИИТТЭР КУЛТУУРАНЫ тилиннэриэххэ, сайыннарыахха. Онно сүрүн толкуйу ууруохха.

29.10.2021сыл. Сурукка тистэ Тубсаана

Оставить комментарий

Войти с помощью: