
Саха саҥа сылын көрсөр сааскы ыһыах ыам ыйын 27 күнүгэр буолуоҕа (ВИДЕО)
NVK-ONLINE.RU – Ыам ыйын 22 күнүгэр Сахабыт сирин олохтоохторо Ньукуолун күнүн бэлиэтээтибит. Дьэ, бу күнтэн саҕалаан сайыҥҥы сылаас күннэр үүннүлэр. Маны кытта тэҥҥэ хас биирдии саха киһитэ күүтэр сайыҥҥы ыһыахпыт чугаһаата. Ол эрэн урут-уруккуттан Туймаада ыһыаҕын иннинэ саха норуота кыстыгы тахсыы, дьылы туорааһын, күөххэ үктэнии бырааһынньыгын бэлиэтиир үгэстээх эбит. Билигин бу бэлиэ күн атыннык сааскы ыһыах диэн буолла. Саха саҥа сылын көрсүүтүн хас сыл аайы Эһээ Дьыл тэрийэн ыытар. Бу тэрээһин ыам ыйын 27 күнүгэр ыытыллыаҕа.