Ахтыы
Мин Үөһэ-Бүлүү саамай кырдьаҕас олохтооҕо
билэр дьоннорбуттан саамай убаастыыр,ытыктыыр киһим Екатерина Васильевна Адамова буолар.
Кини норуотка биллэр аата сэбиэт Кэтириинэ диэн .Оҕо эрдэҕиттэн сэбиэккэ секретардаабыта.Кини сектретарь эрэ дьыалатын быһаарбат этэ.Туох баар дьон олоҕор наадалаах боппуруоһу киниттэн ыйытан ,сүбэлэтэн астынан тахсалларын истээччибин.
Мин ийэм кэпсээччи-ханнык эмит боппуруоска тойоттору кытта сатаан өйдөспөккө ардырҕаһан кэлэн сэбиэт Кэтэриинэҕэ кэпсээн,сүбэлэтэн-астынан уоскуйан тахсар үһү.Ол иһин ийэм кинини олус өйдөөх дьахтар диэн мэлдьи астынааччы. Кини сэбиэт эрэ үлэтин үлэлиир буолбатах этэ. Өссө совхоз,колхоз араас үлэтин кини быһааран-сүбэлээн көмөлөһөн биэрэрин дьоннор кэпсээччилэр.Кини туһунан сиһилии сэһэргиир киһи олус улахан кинигэ буолуо этэ.
Кини үлэһит эрэ буолбатах. Өссө уон оҕо амарах ийэтэ.Барыларын доруобай, үрдүк үөрэхтээх,район,республика бастыҥ дьонун иитэн таһаарбыта. Кини оҕолорун республика уонна төрөөбүт дойдутун дьонноро бары билэллэр.Кинилэр тустарынан ,үөрэн-көтөн астынан кэпсииллэрэ.Истиэххэ олус үчүгэй.
Мин кини 90 сааһын юбилиэйигэр сылдьан олус астыммытым. Киһи барыта тура-тура үтүө алгыстарынан хайҕаабыттара, олус долгутуулаах этэ.
Кэргэнэ Баһылай барахсан Күүстээх Ильин диэн дьон кэрэ дьикти аатын иҥэрбиттэр. Кини кырдьык күүһүнэн ыһыах аайы кими да тулуппат этэ. Мэлдьи бастакы миэстэни ылара.Саха омук киэн туттар киһитэ этэ.Көрүҥүнэн да сахаҕа улахан толуу киһи этэ.Киһи кэрэтэ,сымнаҕаһа,мааныта этэ.
Хаһан да кинилэр ыал быһыытынан мөккүһэн,ардырҕаһан олорботохторо.Мааны ыаллар этэ.Ол барыта дьиэҕэ ыал ийэтэ үчүгэйиттэн тахсар,ол Кэтэриинэ ”герой ийэ”эрэ буолбатах өссө олох геройа диэххэ наада.
Биһиги сахалар итинник ийэлэр баалларынан киэн туттуохтаахпыт, уонна эдэрдэргэ сүбэлиэххэ сөп. Кини олоҕун олох оскуолата гына үөрэтиэххэ наада.
Үчүгэй дьону иитэн таһаарар,дьэ бу кырдьык олоххо улахан ситиһии,дьоҥҥо – норуотка улахан туһа.
Кэтэриинэ уонна Баһылай ыччаттара ,саха норуотун өссө да сайыннара турдуннар.Хас да үйэ тухары кинилэр ааттара сулус буола сырдата турдун.
Ээ өссө умнубуппун: Кини 90 сааһыгар диэри сүөһүнү элбэҕи иитэн оҕолорун сахалыы доруобай аһылыгынан аһатан оҕолор бары доруобайдар. Сибилиҥҥи дылы кини сиэннэрин көрсөн көмөлөһөр, оннооҕор муус киллэрэн уу уулуур.Тиэргэн хаарын күрдьэн зарядкалыыбын диир.Өйө диэн дьикти,ханнык баҕарар боппуруоһу кинини кытта астына кэпсэтэҕин.
Кэтэриинэ 100 сааһыгар тиийэрэ саарбаҕа суох.Өйдөөх киһи уһун үйэлээх дииллэр.Өссө 120 тиийэрэ буоллар!
Ахтыыны биэрдим Агаева Татьяна Ивановна.Тыыл-үлэ бэтэрээнэ,доруобуйа харыстабылын туйгуна,сэрии кыттыылааҕын огдообото.
Дьокуускай куорат 2016 сыл.
Сурукка тистэ Осипова Шолпана Борисовна.